Улуус олохтоохторо бука ааhан иhэн, кэлэ-бара Ленин уулусса килбэйэр киинигэр сибэкки үүннэрэр муодуллар турбуттарын көрөр буолуохтаахтар. Урукку өртүгэр суох тимир конструкциялар тураннар, онно дьэрэкээн сибэккилэр үүнэннэр көрүөххэ астык, сэргиэххэ сэргэх. Амма нэhилиэгин дьаhалтата бу курдук улууспутугар ыытыллар үлэ уонна Тупсаран оҥоруу сылынан, кэлэр сылга ыытыллар Саха сирин норуоттарын 7-с Оонньууларын көрсө бэртээхэй дьаhаллары ылан эрэр. Кинибу үлэтигэр урбаанньыт Юрий Юрьевич Кильбясовы кытта дуогабардаhан үлэлэhэр. Дьэ онон интэриэhиргээн, бу бэйэтин илиитинэн кыраhыабай оҥоhуктары оҥорон таhаарар маастары кытта кэпсэтэн, кини туhунан хаhыаппытыгар сырдатарга сананным.
Юрий бэйэм биир дойдулааҕым буолар. Ийэтэ улууспутун ааhан республика, бүтүн Россия билэр киhитэ, Кремльгэ сахалыы саҥаны сатарыппыт, аатырбыт ыанньыксыт Агарфена Егоровна Сутакова буолар. Юра элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстаҕас. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан уруhуйдуурун сөбүлүүрэ. Бэркэ табыллара буолуо. Тоҕо диэтэргит оччолорго кулууп директорынан үлэлиир Степан Яковлевич Левин Юраны үчүгэйдик уруhуйдуугун, Владивосток куоракка художественнай училищаҕа киир,- диэн эппитин, армияҕа сулууспалыы барар баҕа баhыйан, аккаастаммыта.
Кини бу үлэтигэр тута кэлбэтэҕэ. Суоппар идэлэммитэ, алмааhы да кырыылааччы буолбута. Ол идэтинэн үлэлиэ эбит да, тэрилтэ эстэн үлэ суох буолбута. Онон Юра кыhыл илиитинэн тутан-хабан айаҕын ииттинэн үлэлээн-хамсаан барбыта. Бэйэтэ биригээдэ тэринэн улууска биир бастыҥ тутааччылар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Билигин кинини кытта үлэлээбит хас да уол бэйэлэрэ биригээдэ тэринэн тутууга сылдьалларыттан Юра үөрэр эрэ.
Дьэ онтон хайдах тимиргэ кэлэн хаалла? Тутууга үлэлии сылдьан арай биирдэ тэлэбиисэринэн Казахстаҥҥа буола турар уустар фестивалларын кэпсээбиттэрин түбэhэ түhэн көрбүт. Онно араас станоктарынан тимирдэри токурутан туох да бэртээхэй оҥоhуктары оҥорон таhааралларын астыммыт, сэргээбит. Хайдах эрэ бу дьарыгы сүрэҕинэн ылыммыт. Ону чугас киhитигэр, олоҕун аргыhыгар Аннаҕа кэпсээбит. Онуоха кэргэнэ өйөөбүт.Аны ол кэмнэхайдах да хантан да көмөтө суох ити көрөр станоктарын ылар кыаҕа суох. Суруйбут бизнес-былаанын кытта баар бааннарга барытыгар сылдьыбыт да барытыттан аккаас ылбыт. Ол эрээри санаатын түhэрбэккэ, аны улууhуттан көмө көрдүүргэ сананан биир үтүө күн улуус дьаhалтатын баhылыгын аанын аhан приемҥа киирбит. Оччолорго баhылык Александр Еремеевич Артемьев кинини болҕойон истибит уонна субсидия ылыытыгар киирис, бизнес-былаан оҥоhун диэн эппит. Онон улуус дьаhалтатын урбаанньыттары өйүүр фонда специалиhа Анастасия Кайдалованы кытта бизнес-былаан суруйбуттар. Онон дьэ бизнес-былаанын Дьокуускайга урбаанньыттары өйүүр фондаҕа киирэн туттарбыт.
-Куттана санаабытым. Тоҕо диэтэргит Амматтан 17 бырайыак киирбит этэ. Ону таhынан атын да улуустар элбэхтэр буоллаҕа дии. Эмиэ биэрбэттэрэ буолуо дии сэрэхэчийбитим. Ол гынан баран үөрүөм иhин улуустан киирбит сайаапкалартан миигин талан ылбыттара, өйөбүл биэрбиттэрэ,- диэн Юра билигин астына да, махтана да саныыр. Дьэ ити курдук урбаанньыттары өйүүр республикатааҕы фондаттан мөлүйүөн курдук субсидия ылан, бэйэтигэр 300 тыhыынчаттан тахса харчытын эбэн интернетинэн көрбүт станоктары тута сакаастаабыта. Субсидия 2014 сыл сайыныгар кэлэн, станоктарын ылар кыахтаммыта.
Уопсайа үс станок ылбыта. Ол курдук токурутар, пресстиир, эрийэн таhаарар уонна формаҕа пресстиир. Манна саҕалыырыгар уокка көҥүл ыларыгар ыараханнары көрсөн станоктарын үлэлэтэн барарыгар арыый уhаабыта. Ол гынан баран син барыта табыллыбыта. Юра саҥа ылсыбыт дьыалатыгар төбөтүн оройунан түспүтэ. Бастаан боруобалаан бэйэтигэр вешалкалары, ыскамыайкалары, онтон дьоҥҥо калиткаларыгар оhуор оҥорбута. Кэргэнэ сөбүлээбитэ, чугас дьоно да астыммыттара. Дьэ ити кэннэ 2015 сылтан күүскэ ылсан сакааска үлэлээн барбыта. Абаҕаҕа култуура дьиэтин көрүөтүн, Майаҕа эмиэ күрүө оҥорбуттара. Ол эрээри станоктар кыамталара улахан буолан баран, үлэ кээмэйэ син биир кыра этэ. Улахан сакааска тахсыан баҕарара. Онон станоктар кыахтарын өссөүчүгэйдик билэр наадатын Юра өйдөөбүтэ. Онон Челябинскайдары кытта сибээстэhэн үөрэнэ барарга баҕатын биллэрбитэ.
-Онно тута сөбүлэспиттэрэ. Кэл, үөрэн диэн ыҥырдылар. Тиийээт гостиницаҕа түhэрдилэр, собуокка илдьэн маастарга туттардылар. Дьэ 10 хонук устата бу собуокка үлэлээтим. Наhаа үчүгэй маастардар үөрэттилэр. Станоктарым функциялара туох да элбэх эбит. Түмүккэ сертификат туттардылар уонна туохха эмит кыhалҕаланнаххына эрийээр диэн электриктэрин, механиктарын, менерджердэрин төлөпүөнүн барытын биэрдилэр. Онон үөрэммиппин олох кэмсиммэккэ хараҕым аhыллан аҕай кэлбитэ, — диэн Юрий партнердарын туhунан сылаас тылынан ахтар. Дьэ чахчы үөрэнэн кэлээт, станоктарын олох атын хараҕынан көрбүт. Инньэ гынан дьонтон сакаас да ыларыгар станоктарын толору кыаҕын барытын туhанан толорорго кыhаллар.
Билигин Юра бу үлэтигэр соҕотох диэххэ сөп.Аҕыйах сакааска ол сөп курдук. Арай улахан кээмэйдээх үлэни ыллаҕына бырааттарын, чугас билэр уолаттарын ыҥыран үлэлэтэр. Кини инники былаана киэҥ. Кыhынын икки киhини үлэҕэ ылыан баҕарар. Мастарыскыайа эргэ дьиэтигэр баар буолан кыараҕас. Эбии үлэтин кэҥэтинэригэр диэн кырааскалаан баран түргэнник хатарар барокамера, тимири биир тэҥник таптайар пневмолот ылынар баҕалаах. Бу күннэргэ тимири 1500 кыраадыс температураҕа уулларар оhох ылыммыт.
-Амма нэhилиэгин дьаhалтатыгар махталым улахан. Ол курдук өйөөн сакаас биэрбиттэрэ. Ити сибэкки иhиттэрин бэйэлэрин эскизтарынан оҥордум,аны мастарыскыай туттарбар сир аукционнаан ыллым. Онон дьэ күhүҥҥэттэн ыла тутуубун саҕалыыбын. Билигин сирин тэҥнээhинин оҥордум,- диэн Юрий инники былаанын билиhиннэрэр. Тимири мастан ордорон, манан олохтоохтук дьарыктанарга сананан 8х12 иэннээх мастарыскыайын сэндвич панелинэн тутан быйыл үлэҕэ киллэрэр былааннаах. Юрий бу курдук үлэтин кэпсииолорон хараҕа уоттанан, хайдах эрэ олох манна ис дууhатыттан ылларбыта көстөр. Чахчы да үлэлииргэ баҕалаах, бэйэ арыммыт уонна саҕалаабыт дьыалатын атаҕар туруоран, дьиэ кэргэнин ииттинэр баҕалааҕын көрөн киhи үөрэр. Бу кини курдук эдэр дьонсөбүлүүр дьарыктарынан ылсан үлэлэhэн иhэллэрэ буоллар, сайдыы өссө күүскэ барыа этэ. Юрий Кильбясов ылсыспыт үлэтэ билиҥҥи кэмҥэ саамай наадалаах. Дьон сакаас биэрэ, эбэтэр көннөрү билсэ кэлэн баран кини оҥорон турар оҥоhуктарын көрөөт, „миэхэ маннык наада этэ“ — диэн сакаастаан киирэн бараллар эбит. Ийэтигэр, Аграфена Егоровнаҕа сайылыгар баар дьиэтигэр туох да бэртээхэй оhуордаах-мандардаах ыскамыайка оҥорон бэлэхтээбитэ, дьиэ иhин бэркэ диэн киэргэтэр. Аграфена Егоровна манна ынахтарын ыан кэлэн баран астына сынньанар. Оҕото оҥорбут оҥоhуга сылааhынан угуттуурга дылы. Бөҕөтө-таҕата да сыттаҕа.
-Инникитин араас фигуралар матрицаларын сакаастаан ылыахпын баҕарабын. Оччотугар хайа баҕарар ойуулаах-бичиктээх, оhуордаах-мандардаах оҥоhуктары оҥорон биэриэхпин сөп. Дьоннор сакаастаан эрэллэр. Ыскамыайка, кресло-качалка, сибэкки иhитэ… Тимиригэр барытыгар ханнык баҕарар оhуору түhэриэхпитин сөп. Холобура ити кириэhилэ тутааҕар барытыгар сибэкки түhэрэбин. Уопсайынан эттэхпинэ, тимир уhанарга, оhуор түhэрэргэ мастааҕар элбэх кыаҕы биэрэр эбит диэн санааҕа кэллим, бу икки сыл устатыгар үлэлээн баран. Холобура маhы таптаабыккынан эрийбэккин, тимири буоллаҕына эрийэн, араас оhуору, быhыыны-таhааны оҥорон таhаарыахха сөп. Тимирдэри таптайан холботолуоххун эмиэ сөп. Быhатын фантазиян кыайарынан оҥоруохха сөп. Онтон маска лобзигынан эрэ быhаҕын. Бэйэтин төкүнүччү эрийэн кэбиспэт буоллаҕын дии, төбөтүн да таптайан кэбиспэккин. Билигин биhиэхэ 3000 көрүҥ оҥоhук баар. Тимирдэри иhэрдэн, уhанан олору оҥоруохха сөп, — диэн Юрий санаатын үллэhиннэ.
…Иннибэр көннөрү уhун тимир сытар. Туох да көстүүтэ суох. Бу тимири маастар ылан станокка уган, оhоххо сылытан, таптайан көрүөхтэн эрэ кэрэ оҥоhугу оҥорон таhаарар. Ама дуу, били бу көннөрү, туох да көстүүтэ суох тимирим дуо? Ол эбит. Тимир уустара биhиэхэ сахаларга былыр былыргыттан бааллара уонна саамай ытыктаналлара. Онон тимиринэн дьарыктаныы биhиэхэ хааммытыгар баар. Ол да иhин баҕар Юрий Кильбясов ол хаана уhуктан, иhиттэн иэйиитэ тахсан дьоҥҥо кэрэни бэлэхтээн эрдэҕэ эбээт.
Наталья Бубякина