История успеха
Көмүс ааттаах урбаанньык Алтыына.
3 августа 2017
  • Уус-Алдан улууhүгар уопсайа тоҕус сүүстэн тахса дьоҕус урбаанньык баар. Улууска атыы-эргиэн, массыына өрүмүөнэ, дьиэ-дьаhах өҥөтө, тыа хааhайстыбата көстө сайда турар. Ахметова Алтынкуль Мырзановна ол курдук атыы-эргиэн чаҕылхай урбаанньыгынан буолар.

Мүрү нэhилиэгин Лонгинов уулуссатыгар турар кэрэ көстүүлээх, көмүс дьүhүннээх дыбарыас дьиэ дьон-сэргэ хараҕар быраҕыллар. «Мармелад» диэн оҕолорго анаан арыллыбыт аныгылыы тутуулаах кафе 2014 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Манна бастакы этээhигэр оҕо быраhыынньыктара, уруу киэhэлэрэ, юбилейдар үонна да араас мероприятиялар ыытыллаллар.  Иккис этээскэ оҕо сайдарыгар аналлаах онньуурдар, оҕо иhитэ, таҥастара атыыланаллар.

Алтынкуль, бэйэҕит тускутунан кэпсээн эрэ. Ааккыт өйдөбүлэ туох диэн буоларый?

-Алтын диэн өйдөбүлэ көмүс диэн буолар. Мин муус устар 12 күнүгэр 1961 с. Казахсатанна Чимкенскай уобаласка Туркистан диэн куоракка күн  сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт алтабыт, мин төрдүс оҕо буолабын. Оскуолабын бүтэрэн баран Ташкеҥҥа ветеринария үөрэҕэр киирбитим, ол сылдьан ветеринария миэнэ буолбатах эбит дии санаан Ленинградка индустриальнай техникумҥа үөэрэнэ киирбитим. Онно кэргэммин Уус-Алдан уолун Андрей Аммосову кытта билсибитим. Ыал буолан Уус-Алданна кэлбиппит,  икки кыыс оҕоломмуппут. 1988-1992 с. Казахстанна мин дойдубар баран олоро сылдьыбыппыт, онно мин товаровед үөрэҕэр үөрэммитим, кэргэним продавецтыыр этэ. Онтон төттөрү Уус-Алданна кэлбиппит.

-Атын омук сиригэр олороргор хайдах этэй?

-Бастаан олох сахалыы биир да тылы билбэт этим. Кэргэммин кытта билсэ сылдьан нууччалыы кэпсэтэр этибит. Сахалыы саҥарарга Уус-Алданна көhөн кэлэн баран биир сыл иhигэр үтүктэн үөрэммитим. Кэпсэтэ олорор дьон саҥатын өйдөөн истэр этим. Тыл өттүгэр түргэнник ылынар эбиппин. Улахан кыыспар ити эмиэ бэриллибит дии санаатым. Кыыhым билигин Пекиҥҥа олорор, кытайдыы, английскайдыы бэйэтин тылын курдук саҥарар.

-Хаhан бизнес арынарга быhаарыммыкытый? Туохтан саҕалаабыккытый?

-Үлэбин 1998 с. саҕалаабытым. Бу коммерция үөдүйэр кэмэ этэ. Эрдэттэн мин харчы мунньунар идэлээх этим. Бастакы капиталбыттан түөрт тыыhынчаттан саҕалаабытым.  Ас-үөл маҕаhыынын арынарга санаммытым.

-Туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?

-Ыарахаттар хаhан баҕарар бааллар. Миэхэ дьонум ыраахтара ыарахан этэ, бастаан кими да улаханнык билбэт этим. Биhиги саҕана сайдыыбыт суох этэ, карточка, интернетынан харчы ыытааhын, телефон да суох этэ. Табаарбыт харчытын уу харчынан укта сылдьар этибит, онон наhаа кутталлаах түгэннэр бааллара. 1998 с. Новосибирскайга табаар ыла баран туох баар харчыбын, докумуоммун барытын уордаран түрардаахпын. Онно күн аайы милиция отделыгар тиийэн олорор этим, дойдубар ыытарга көмөлөhүҥ диэн. Докумуона суох буолан билиэт ыларга олус ыарахан этэ. Оччолорго ол отделга биир эдэр милиция уол үлэлиир этэ. Олоххо үчүгэй дьон баар диэн итэҕэлбин дакаастаабыт киhиэхэ билигин да махталым мунура суох. Кини көмөлөhөн, паспорбын булан, билет ылан дьиэбин булбутүм. Олүс да санаам түhэн кэлбитэ. Кэлэн баран туох баар дьиэбэр баар маллары атыылан харчыланан бизнеспын салҕаабытым.  Инники күүстэрбин миэхэ оҕолорүм биэрбиттэрэ. Хайаан да оҕолорум иннигэр үлэбин салҕыахтаахпын диэн.

Онон ыараххатары көрсүбүтүм, ол эрээри мин үҥнсэрбин, түохтан эрэ дуоhуйбат буолууну сөбүлээбэппин. Киhи бэйэтин олоҕун бэйэтин илиитинэн оҥорор. Күүстээх санаа наада. Сыалгын туруоруннуҥ да хайаан да ситиэхтээххин.

-Дьарыктанар бизнескыт төhө барыыстаах эбитий?

-Элбэх барыстаах дии санаабаппын. Бизнеска киhи сэттэ сыл бүолан баран сонуна ааhар эбит, ол иhин дьон тугу эрэ саҥаны арыйар, атыны толкуйдуур. Этэргэ дылы, киhи олоҕун түхары үөрэнэр дииллэрэ сөп эбит.

hиги санааҕытыгар үрбаанньык диэн хайдах буолуохтааҕый?

-Биhиэхэ бизнесмен диэн этэргэ сыыhа дии саныыбын, нэhилиэнньэбит кыра даҕаны, уонна үлахан масштабтаах бизнес кыалла илик. Мин санаабар арыгы уонна урбаан биир суолга аргыстаhыа суохтаах. Туруоруммут сыалын хайаан да ситиhиэхтээх. Ис дууhатыттан үлэлиэхтээх. Субсидия эрэ туhаммыт киhи диэн толкуйдуур урбаанньык ырааппат. Бэйэҥ үлэҕин таптыахтааххын.

-Рекламаны хайдах туhанаҕыт?

-Рекламаны хаhан даҕаны туhамматаҕым. Дьон-сэргэ бэйэтэ билэн, истэн кэлэр.

-Төhө элбэх үлэhиттэрдэххиний? Салайааччы буолар хайдаҕый?

-Биэс үлэhиттээхпин. Арыллыахпытыттан үлэлэhэр повардаахпын. Салайааччы буолуу билиҥҥи үйэҕэ ыарахана диэн —  эдэр ыччат үлэлиэн баҕарбат.

-Тоҕо «Мармелад» диэн ааттаабыккытый? Дьиэ тас көрүҥэ интириэhинэй баҕайы, туох өйдөбүллээҕий?

-Мармелад диэн оҕо сөбүлүүр минньигэс аhа буолар. Оҕолорго анаан дыбарыас быhыылаах оҥорбуппут. Үөhэ өттүгэр аанньал баар — кини оҕолору араҥаччылыыр.  Дьиэм быhыытын оҕо оонньуур дьиэтигэр майгыннатан оҥорбутум.

-Бизнескын төhө сүүйтэриилээх дии саныыгыт?

-Кредиттээх буоллахха ыарахан. Өhөс санаалаах буоллахха кыайаҕын. Бизнескэ киирдиҥ даҕаны олох иннин хоту бара туруохтааххын.

-Кризис төhө билиннэ? Хайдах туораан эрэҕит?

-Кризис быйыл билиннэ. Дьонно хамнас суоҕа биллэр. Киhи барыта ипотекалаах, кредиттээх, харчылара ордубат, надаалахтарын эрэ ылыналлар.

-Өссө тугу былаанныыгыт?

-Былаан элбэх. Иккис этээскэ баар таҥас маҕаhыынын урукку турбүт маҕаhыыммар көhөрөн баран гостиница арыйыахпын баҕарабын.

-Саҥа саҕалаан эрэр урбаанньыктарга тугу баҕарыа этигитий?

-Күүстээх санааны. Иннилэрин диэки харса суох баран иhиэхтээхтэр. Бэйэлэрин дьыалаларын таптыахтаахтар.

 

Уус-Алдан улууhугар предпринимательствоны өйүүр киин салайааччыта

Елена Кычкина.