Ыраах сытар хоту улуустарга сүрүннээн атыы-эргиэн, таһаҕаһы тиэйии киэҥник тэнийдэ. Кэлин биирдиилээн эдэр дьон дьиэҕэ-уокка бары өттүнэн хааччыллыыны киллэрии курдук кэскиллээх уонна дьоҥҥо олус наадалаах хайысханы талан үлэлэһэн эрэллэр. Суола-ииһэ уустуга, киинтэн ыраах сытарбыт урбаан дьонун олус уустук усулуобуйаҕа үлэлииргэ күһэйэр. Сиринэн суол уустуга, үөһээннэн сыана ыарахана үгүс мэһэйдэри үөскэтэр. Аара массыына алдьанна да бородуукта, таһаҕас буортуйуута, ардыгар тарыҥҥа да түһэн биир күнүнэн монкуруоттаан хаалыахтарын сөп. Ону ол диэбэккэ сүрдээх уустук усулуобуйаҕа бүтүн улууһу аһынан-таҥаһынан, табаарынан хааччыйа олороллор.
Бүгүн биһиги улуус биир уопуттаах урбаанньыта Кристина Иннокентьевна Горохова туһунан кэпсиэхпит. Кини хаһыакка тахсарын соччо сөбүлээбэт, атахпар турдахпына кэлин диэн иһэрэ. Улууска аһы -үөлү оҥорон таһаарыыны биир бастакыннан саҕалаабыт урбаанньыт уопута саҥа саҕалааччыларга туһалаарай диэн бүгүҥҥү балаһаны киниэхэ аныыбыт.
Үлэһит киһи ханнык да түгэҥҥэ өлөн-охтон биэрбэтин бу үлэһит дьиэ-кэргэн холобура көрдөрөр. Кристина Иннокентьевна Ленинградка Герцен аатынан пединституту бүтэрэн кэлэн баран Саккырыыр орто оскуолатыгар үлэ уонна прикладной искусство учууталынан үлэлээбитэ. Айымньылаах киһи бу үлэтигэр да сылдьан араас паннолары, хартыыналары, оҥоһуктары оҥорон атыыга таһаарара. Ону таһынан сүөһү тутан бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннараллара. Онтон сыыйа маҕаһыын арынан атыы-эргиэн эйгэтигэр киирбиттэрэ. Урбаанньыт киһи бэйэтигэр эрэ эрэнэр, түһүүлээх — тахсыылаах, олус уустук эйгэ буолар. Ол быыһыгар дойду экономикатын кризиһэ ытарчалыы ылан турар кэмигэр сыана өрө барыыта, айан ороскуота барыта ааҕыыны -суоттааһыны, тымныы төбөнү уонна кытаанах тускулу эрэйэр. Кристина Иннокентьевна манан тохтоон хаалбакка улуус киинигэр туох эмит оҥорон таһаарар хайысханы киллэрэр сыалтан Новосибирскай куораттан баран килиэп буһарар оборудование аҕалтарар. Бу саҥа эйгэҕэ билбэттэрэ-көрбөттөрө да элбэх буолан бэрт элбэх уустуктары ааһан, бэкээринэ турар сирин быһаарсан, дьиэтин — уотун икки сыл устата өрөмүөннээн, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир гына оҥорторон, уотун-күөһүн төлөбүрүн, ититиитин, бурдугун кыһалҕатын барытын быһаарсан эрэ баран килиэп буһарыытын саҕалаабыттара. Этэргэ судургу курдук гынан баран эттээх киһи элэйэр ыарахаттарын ааспыттара. Кристина Иннокентьевна саҕалаабытын тиһэҕэр тиэрдэн баран тэйэр дьаныардаах киһи буолан бу эйгэни атаҕар туруоран, билигин нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах хайысханнан — килиэп, бурдук ас, кондитерскай ас арааһын дэлэйдик астаан дьон махталын ылыан ылар. Билигин аһы — үөлү миэстэтигэр оҥорон нэһилиэнньэҕэ таһаарыы — дойду үрдүнэн бара турар биир саамай өйөнөр хайысха буолан турар.
— Ити оһохпутун Новосибирскайтан аҕалтарыы олус элбэх ороскуоту эрэйбитэ. Аны уот кыамтатата кыайбат буолан толору күүһүнэн буолбакка икки кабинкатын үлэлэтэ сылдьабыт. Килиэп, бурдук ас астааһына олус сылаалаах үлэ, арыы-саахар ыараан билигин өссө уустугурда. Сарсыарда 6 чаастан дьиэ кэргэнинэн — оҕолуун — уруулуун бары турунан күннэри-түүннэри мөхсөр буоламмыт атаҕар туруордубут. Бурдук быыла, сылааһа бэрт буолан түннүгү — үөлэһи барытын арыйан баран үлэлиибит. Устудьуон оҕолорбут кэллилэр да ким да үлэтэ суох олорбот, бары көмөлөөн саба түһэн үлэлиибит. Дьон-сэргэ ордук буулканы хамаҕатык атыылаһар, килиэп оннук улахан барыһы аҕалбат, дьоҥҥо наада диэммит астыыбыт. Буулканы биир нэдиэлэ курсуйбат гына анал састаабын тутуһан буһарабыт. Күҥҥэ 320 тиийэ дьон атыылаһар. Торт астааһына эмиэ элбэх бириэмэни эрэйэр. Олохтоох ОДЬКХ уонна «Коммунтеплосбыт» утары баран сүрдээҕин өйөөтүлэр. Уонна быйыл депутаппыт Е.Х.Голомарева өйөөн хоту улуустар урбаанньыттарыгар коммунальнай өҥөҕө толуйуу диэн анаммыт үбү — 112 тыһ.көрдөттөрөн көмө ыллыбыт. Маны таһынан быйыл улуустан 130 тыһ. субсидияны бэйэбит хамыыһыйабыт көрөн Г.Г.Корниловаҕа уонна миэхэ биэрдилэр.
Быйыл өссө биир хайысханы киллэрэн көрөргө быһаарынныбыт. Биһиги бу сайын бэйэбит теплицабытыгар 80 ук оҕурсууну олордон сайын устата бэйэбит сиирбит таһынан маҕаһыыммытыгар 228 кг оҕурсууну атыылаатыбыт. Ол эбэтэр 70-ча тыһ. эбии дохуот ыллыбыт. Мантан эрдийэммит улахан 200 кв/м теплица туттан эрэбит. Бэрэбинэ киллэрдибит, буорун бэлэмнии сылдьабыт. Ити күнтэн сылытыллар ититиини үөрэтэн, боруобалаан көрбүт киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Уонна 300-500 угу олордорго былаанныыбыт. Туох тахсар? Уута — хаара уонна оттуллуута кыаллара буоллар барыстаах салаа буолуо этэ дьиҥинэн. Эдэр ыаллар эмиэ манныгынан дьарыктаныа этилэр. Улэ суох диэн баран халлааны манаан олордоххо туох да кыаллыбата биллэр. Ол гынан баран, билиҥҥи уустук кэмҥэ бэйэ дьыалатын саҕалыырга туох да үбэ суох эмиэ кыаллыбат. Ону бэйэм эппинэн — хааммынан билбит киһи буолан уонна хас да сыл үлэлээн атахпар турбут буолан билэбин. ИП тэринэн, кредикка киирэн баран эстэн хаалбыт дьон элбэхтэр. Ол иһин улуус салалтатын өттүттэн бары хайысханнан систиэмэлээх өйөбүл, көмө, бу эйгэ дьонун бииргэ түмэрэ саҥа саҕалыыр дьоҥҥо хайаан да наада. Баҕалаах гынан баран хантан, туохтан саҕалыылларын билбэккэ муна-тэнэ сылдьар дьон элбэхтэр. Уонна кырдьык дохуот аҕалыа дуо диэн үчүгэйдик ааҕынан-суоттанан баран биирдэ киирэллэрэ ордук. Маны таһынан СХТ бүтэрэн кэлбит уолбут сылгы иитиитинэн 3-с сылын дьарыктанар. Бастаан 7 ылбыта, билигин төрөөн — ууһаан 10 буолла. Иккис сылын Дьарҕаалаахха баран оттоон кэллэ.
Уонна биир улахан туруорсуубут диэн — урбаанньыттар билигин кириисис кэмигэр ас-таҥас уонна айан ороскуота улаатан улаханнык ыктардылар, онтон сылтаан маҕаһыыннарга ас ассортимена аҕыйаабытын дьон көрөллөрө буолуо. Бу нэһилиэнньэҕэ олус охсуулаах буолан тахсыан сөп. Ол иһин ас -таҥас тиэйиитигэр бырабыыталыстыба таһымыгар туох эмит өйөбүл көрүллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Биһиги арыгы атыыта дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка олус охсуулааҕын билэр буоламмыт арыгыннан хаһан да эргиммэппит.
Кристина Иннокентьевна сыралаах үлэтэ сыаналанан бүтүн республика үрдүнэн «Лидер перемен» диэн үрдүк ааты ылбыта. Сыралаах үлэҕит махталлаах буоллун, күүстээх санааҕыт саҥа саҕахтары арыйдын, олоххо дьулуургут сайдыыны түстээтин диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!