Войти Регистрация
Новости "Центра "Мой бизнес"
Амма улууhугар «Идэһэ» тэрээһин 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ
сегодня

Аммаҕа бу өрөбүллэргэ сылын аайы үгэс быһыытынан ыытыллар «Идэһэ» тэрээһинэ бэлиэ, 30 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ. Бу дьоһун тэрээһин чэрчитинэн «Аммаҕа оҥоһуллубут» бренды таһаарар, олохтоох аһы-үөлү киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах-соруктаах «Бастыҥ «Аммаҕа оҥоһуллубут» гастро-букет» диэн күрэх буолан ааста.

Күрэҕи тэрийэр туһунан сонун санааны «Мин биисинэһим» Киин Амма улууһугар бэрэстэбиитэлэ Александра Николаева көҕүлээбитин, Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов үөрэ-көтө өйөөн, кыайыылаахтарга харчынан бириэмийэ олохтоото.

Күрэххэ улуус нэһилиэктэриттэн барыта 16 кыттааччы илин-кэлин түһүстэ. Кинилэр Амма баай аһынан — саҥа өлгөм идэһэ этинэн, балыгынан, отонноох уонна үрүҥ аһынан араас сиэдэрэй гастро-букеттары оҥорон аҕалан, мустубут дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтүлэр, кэлбит дьону дьиҥнээхтик сөхтөрдүлэр.

Кыттааччылар айар дьоҕурдарын уонна сатабылларын 5 экспердээх дьүүллүүр сүбэ көрдө-иһиттэ. Кинилэр букет ис хоһоонун, олохтоох ас дэлэйин уонна ураты дьүһүнүн сыаналаан, бастыҥнар бастыҥнарын быһаардылар. Үбүлүөйдээх «Идэһэ» тэрээһинэ Амма маастардара саҥа сүүрээни мүччү туппаттарын, олохтоох бородууксуйаны аныгылыы таһымҥа таһаарарга бэлэмнэрин өссө төгүл чаҕылхайдык көрдөрдө.

Өрөспүүбүлүкэҕэ урбааны өйөөһүн «Эффективная и конкурентная экономика» нацпроект чэрчитинэн олохтонор. Сиһилии мойбизнес14.рф порталтан, МАХ, ВК, Ок куйаар ситимнэриттэн уонна  8 (800) 100-58-80 нүөмэринэн билсиэххэ сөп.