Ньургустаан Уваров — Хатан Уус — «Хомус түмэлин ытык бэлэхтээччитэ»

Сэтинньи 30 күнүгэр Аан дойдутааҕы Хомус күнүгэр буолбут тэрээһиҥҥэ хомус ууһа Иннокентий Готовцев — Хоһуун Уус үөрэнээччитэ Нам сэлиэнньэтиттэн Ньургустаан Уваров — Хатан Уус «Хомус түмэлин ытык бэлэхтээччитэ» — «Почетный даритель музея» наҕарааданы ылла.

Бу наҕарааданы Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин аатыттан хомус киинин президенэ Иван Алексеев — Хомус Уйбаан туттарда. 

Источник