Новости
«Биһикчээн» бренд кырачааннарга ананар
сегодня

Идэлэриттэн ураты араас интэриэһинэй, сонун дьарыктаах дьону мэлдьи сөҕө уонна сэргии көрөөччүбүн. Физик уонна иистэнньэҥ. Ханан да майгыннаспат өрүттээх идэлэр курдук эрээри, бүгүн эһиэхэ билиһиннэрэр геройум 17 сылын Покровскай 1-кы №-дээх оскуолатыгар физика учууталынан үлэлиир, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ Надежда Тимофеева быыс буллар эрэайар үлэ абылаҥар ылларан оҕо таҥаһын тигэн таһаарар талба талааннаах иистэнньэҥ. Кини Үөһээ Бүлүү Боотулуу нэһилиэгиттэн төрдүлээх, Покровскайга 2007 сыллаахха үлэлии кэлэн баран ыал буоланкэргэнинээн Василийдыын  түөрт оҕолонон быр-бааччы олороллорУлахан ыал ийэлэрэ бары да иистэнэллэр диэххит, баҕар. Ол эрээри Надежда илиититтэн тахсыбыт ииһэ олус уратысахалыы куттаах, киһи эрэ манньыйа көрөр ойуулаах-дьарҕаалаах, чуолаан саҥа төрөөбүт оҕолорго уонна кырачааннарга анаммыт таҥас-сап буолар.

— Иистэнэрбин оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Кэлиныал буолан баран,  оҕолорбор маскараднай көстүүмнэриттэн саҕалаан араас таҥас-сап наада буолла да барытын бэйэм тигэбинОттон бу сахалыы ойуулаах оҕоутуйар таҥаһын үһүс оҕобун кэтэһэр кэммэр, 2020 сылтан тигэн саҕалаабытым. Ол кэмҥэ дьиэҕэ олорон хайдах эрэбэйэм тугу эмит айыахпынтигиэхпин наһаа баҕаран кэлтимЭбии онлайн үөрэх ыланчуолаан оҕо текстилигэр курс ааһан «Биһикчээн» диэн ааттаах сонун бырайыакпын үлэлэппитим, — диэн Надежда билиһиннэрэр.

— Бу маннык сахалыы ойуулаах-бичиктээх матырыйаалы хантан ылаҕыный?

— Сүрүн тигэр сахалыы ойуулаах матырыйаалым уруһуйдарын дизайнерга сакаастаан оҥорторобун, ол кэннэ бэчээккэ Москваҕа ыытабын. Атын дьүөрэлии таҥастарбын, наполнителларбын Иркутскайтан, Москваттан, Новосибирскайтан эмиэ сакааһынан ылларабын. Матырыйаалым ойуутун сахалыы, ол эрээри аныгылыы, кырачаан оҕолорго сыһыаннаах гына уруһуйдата сатыыбын. Мин бырайыагым сүрүн сыала оҕо күн сирин көрүөҕүттэн бэйэтин тулалыыр эйгэтин үөрэтэн, сахалыы оһуору-мандары көрөн улаатарыгар туһуланар. Аны туран, матырыйаалбын таларбар натуральнай састааптаах, уукыһыл оҕо этигэр-сиинигэр барсар сымнаҕас, гипоаллергеннай буоларын тутуһабын.

— Сүрүннээн тугу тигэргин билиһиннэр эрэ. Оҥоһуктаргын хантан ылыахха сөбүй?

— Мин ииһим сүнньүнэн оҕо утуйар таҥаһа — суорҕан, сыттык, бырастыына, оҕо оронугар бортиктар, утуйарга кэтиллэр пижамалар. Маҥнай утаа, саҥа саҕалаан иһэн, интернет-сайт нөҥүө атыылыыр этим. Онтон бэйэм bihikcheen.ykt. страница арынаммын онно рекламалаан атыылыыбын. Ону таһынан куорат маҕаһыыннарыгар «Skazkababy”, “Ай Тал”, “Камелек” туттаран атыылааччым. Билигин үксүн сакаас киирэринэн тигэбин. Быйыл оскуолаҕа сүрүн үлэбэр тахсаммын өссө сакаастарбын арыый аҕыйаттым. Эрдэ ыйга 10-ча орон кэмпилиэгин тигэрэтим. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, оҕо төрөөтөҕүнэ, төрөөбүт күннэргэ ордук эбээлэр, эдьиийдэр, дьүөгэлэр сакаастаан тиктэрэллэр. Онон билигин үксүгэр бэлэххэ анаан тигэбин. Бу дьарыгым син эбии дохуот киллэрэр. Сайын социальнай хантыраак өҥөтүнэн быысапкалыыр массыына ылбыппыт, онтукайбын кэргэним үөрэтэн номнуо үлэлэтэн саҕалаата. Дууһам сытар дьарыктаах буоламмын айар үлэбэр туох да уустугу көрсүбэппин. Арай, туспа мастарыскыайдааҕым буоллар уонна эбиии истэнньэҥнэммит киһи диэн ыраланабын. Билигин дьиэбитигэр анаан-минээн биир муннугу  оҥостоммут үлэлиибит.

Маны этэн эрдэхтэрэ буолуосаха сатаабатаҕа суох диэнБириэмэни табыгастаахтык аттарандьиэ-уот түбүгүттэн быыс булан үлэни уонна айар дьоҕуру дьүөрэлиир — дьол. Надежда кэргэнимулахан оҕолорум өйөбүллэрэ суох икки кыра оҕолоох олорон сөбүлүүр дьарыкпынан хантан маннык дьарыктаныамыйайыамый-тутуомуй диэн билинэр. «Иэйии кыымын саҕар кырачааннарым, өйүүр-өйдүүр дьонум эрэ баар буоланнар инним диэки баран иһэбин, санаабын ситиһэбин», — диэн кини кэпсэтиибит түмүктээтэ. Улахан дьиэ кэргэҥҥэ үүнэр Иэйэхсит сыла өссө таһаарыылаах буоллун уонна үгүс үөрүүнү, дьолу аҕаллын!

Источник