Бүгүн Ньурбаҕа биир бэлиэ тэрээһин ыытылынна. Ньурбаҕа киириигэ «Бүлүү» федеральнай суолга «уһук илиҥҥи гектарынан» саҥа гаас саппараапката үөрүүлээхтик аһылынна. Сахалыы сиэри-туому биллиилээх норуот эмчитэ, алгысчыт, Таркаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алиса Михайловна Иннокентьева силигин ситэрдэ. Бастакынан гаас куттубут тимир көлөлөөхтөргө өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Улуус биллиилээх урбаанньыттарыттан биирдэстэрэ Николай Владимирович Сотников бу номнуо иккис гаас саппараапката, бастакы саппараапкатын инньэ 2019 с. астыбыта. Уһун кэмҥэ бэлэмнэнэн эбиэйиэгин оҥорон, үлэһиттэрин үөрэттэрэн, уматык сыаната харыыта суох үрдүү турар кэмигэр тимир көлөлөөх дьоҥҥо олус наадалаах иккис гаас саппараапкатын бүгүн үлэҕэ киллэрдэ.
«Саппараапкабыт сирин 3 сыллааҕыта «уһук илиҥҥи гектарынан», иллэҥ турарын көрөн, ылбыппыт, — диир Николай Сотников. — 3 сыл тухары оҥордубут, буор кутан үрдэттибит, «РИК Автодор» тэрилтэни кыта дуогабардаһан асфальт бүрүөһүннэттибит. Онон барыта үйэлээхтик оҥоһулунна. Манна үлэһиттэр 3 симиэнэнэн үлэлиэхтэрэ. Тэрээһиммит санаа хоту олус үчүгэйдик ааста. Гааспыт сыаната — 30 солк. Бастакы саппараапкаламмыт 5 киһиэхэ сэмэй бэлэх туттардыбыт».
Николай Сотников улууска тутуунан дьарыктанар тэрилтэлээх, ону таһынан улууска бастакынан автономнай гааһынан сылытыыны олоххо киллэрбит ситиһиилээх урбаанньыт, Ньурба куорат уонна улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар меценат быһыытынан биллэр. Гаас оһоҕун, газгольдеры бэйэлэрэ булан аҕалаллар, наадыйар дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ туруоран холбоон биэрэллэр. СВО фондатыгар эмиэ көхтөөхтүк кыттыһар. Үлэ саҥаттан саҥа хайысхатын баһылаан хоһууннук ылсан үлэлээн иһэр урбаанньыкка ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.