Новости
Александра Николаева: Амма улууһугар урбаан сайдыыта хас даҕаны эйгэни таарыйыа
вчера

Урбаанньыттары кытта ыкса үлэлиир киһи буоларын быһыытынан «Мин биисинэһим» киин Амматааҕы салаатын салайааччы Александра Николаева Ил Дархан Судаарыстыбаннай мунньахха туһаайыытыгар бу хайысхаҕа этиилэрин ордук болҕойон иһиттэ уонна санаатын үллэһиннэ.
-Сыл ахсын буоларын курдук, ахсынньыга Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпииргэ тахсан сыл түмүктэрин таһаарар, инники соруктары туруорар Туһаайыытын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо көһүппэккэ күүтэбит.
Быйыл Амма улууһугар чопчу сыһыаннаах хас даҕаны салааҕа тохтоон ааста. Ол курдук, саамай сүрүнэ, асфальт суол салгыы оҥоһуллуута. Бу сүүнэ улахан бырайыак түмүктэннэҕинэ Амма хайысхатыгар турист ахсаана лаппа элбиирэ күүтүллэр. Онно биһиги туризм эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар урбаанньыттарбыт бэлэм буолуохтарын наада. Онуоха билиҥҥиттэн күүстээх үлэ барар.

Аҕыйах сыллааҕыта Амма улууһугар 10 тарбахха баттанар турбаза баар эбит буоллаҕына, билигин республикаттан, улуустан сөптөөх өйөбүллэр оҥоһуллан уопсай 52 турбаза, аныгылыы моһуоннаах ыалдьыттары көрсөр дьиэлэр тутуллан үлэлии тураллар. Олортон 6 — төгүрүк сыл туристары көрсөргө бэлэм тутуулар. Аны туран улууска туризм сайдыыта бэйэ аһылыгын оҥорон таһаарыыны, сувенирнай бородууксуйаны дэлэтиини, ас-үөл атыылыыр маҕаһыннар, кафелар, массыынаны өрөмүөннүүр, онтон да атын өҥөлөрү үлэлэтиини кытта эмиэ быһаччы сибээстээх. Онон Ил Дархан туризмы сайыннаран, өрөспүүбүлүкэҕэ 700 тыһыынча киһи сынньана кэлэрин күүтэбит диэн этиитэ олох бары эйгэтин таарыйарын умнуо суохтаахпыт, бары хайысхаларга үлэлэһиэхтээхпит,- диэн Александра Михайловна санаатын тиэрдэр.

Источник