Новости
Михаил Николаев уруоктара: «Саха Сирэ – биһиги төрүт сирбит»
7 августа 2023

Михаил Ефимович Николаевы саха дьоно кини өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылаатын сыаналаан “биһиги Аан Дархаммыт” диэн ытыктаан ааттыыллар. Саха норуота 1990-с сыллартан сомоҕолоһон, түмсэн, бастакы бэрэсидьиэммитин өйөөн, кини үлэтигэр-хамнаһыгар сүгүрүйэн, кини этиилэрин ылынан, сайыннаран кэллибит. Онон бу аат – Аан Дархан, киниэхэ норуот иҥэрбит үйэлэргэ хаалар “титул” – бочуоттаах аат, соло буолар.

Лоп курдук 10 сыл анараа өттүгэр суруйааччы Тумарча “Биһиги Аан Дархаммыт” диэн ааттаах уус-уран хабаннаах историческай-документальнай суруйуутун киирии тылыгар маннык диэн эппиттээх: “Михаил Ефимович ааспыт олох өлөр-тиллэр мүччүргэннээх түгэннэригэр, республика Үрдүкү Сэбиэтин салайар, президенниир кэмнэригэр, дойдутун, норуотун урукку систиэмэ саамай хаалыылаах 76-с миэстэлээх субъегыттан баара-суоҕа уон сыл иһигэр Россия государствотын биир бастыҥ, регионугар кубулуппута. Хорсун быһыытынан, сатабыллаах салалтатынан эстии-быстыы айаҕын өҥөйөр мүччүрүйбэт дьылҕаланыыттан быыһаабыта. Ол үрдүнэн бэйэтин аатыгар сэти-сэлээни билиммэт элбэх бас-баттах тылы-өһү истибитэ, сиэри таһынан хаҕыс сыһыаны, түһэн биэриини, таҥнарыыны даҕаны билбитэ. Уһулуччу тулуурун, кытаанах санаатын көрдөрөн кимиэхэ да хом санаатын биллэрбэккэ, кимтэн даҕаны өс-саас ситиспэккэ барыбыт уопсай дьыалабыт айгыраабатын, салгыы сайдарын туһугар ону барытын эрдээхтик аһарыммыта. Бу буолар сиэр-майгы ыраас көстүүтүн чаҕылхай холобура диэн! Маны сиэрдээхтик ылыныаҕын, өйбүтүгэр-санаабытыгар бигэтик иҥэриниэҕин. Ол буолуо кини барыбыт туспутугар аан дойду таһымынан инникибитин түстүүр, кэскилбитин туруулаһар бүгүннү сыралаах үлэтин- хамнаһын иһин махталбыт, билиниибит, киһилии сыһыаммыт!”

Дьэ ити курдук бу бочуоттаах аат – Аан Дархан дьон-сэргэ сөбүлээн, кинилэр билиниилэрин ылынан Михаил Ефимовичка иҥэриллэн сылдьар. Михаил Ефимович 2002 сылтан Россия таһымыгар – Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, онтон Государственнай Дума дьокутаата буолан элбэх сыратын бүтүн Россия сайдыытыгар уурда. Маныаха кини Россия Азия дойдуларын кытта сибээһин бөҕөргөтүүгэ элбэх үлэни ыыппытын бэлиэтиир хайаан да наада. Дойду Президенэ Владимир Путин өссө 2009 сыллаахха Россия бырабыыталастыбатын салайа олорон, Михаил Ефимовиһы 72 сааһынан эҕэрдэлииригэр маннык сыанабылы биэрбитэ:

«Уважаемый Михаил Ефимович! Поздравляю Вас с днем рождения. Ваши знания, богатый опыт работы в родном регионе, авторитет, который Вы по праву заслужили, сегодня востребованы в законотворческой деятельности. Талантливый руководитель и организатор, Вы многое делаете для эффективной реализации важных инициатив Совета Федерации в интересах государства и его граждан. Желаю Вам дальнейших успехов, крепкого здоровья, счастья и благополучия».

Бу элбэхтэн биир сыанабыл холобура. Владимир Путин Михаил Ефимовичтыын өр кэмҥэ үрдүкү салалта таһымыгар алтыспыт дьон. Кинилэр аан бастаан Путин Санк-Петербург гу- бернатора Анатолий Собчакка үлэлии сырыттаҕына билсэн тураллар. Онтон ылата Путин Саха сиригэр хаста да кэлэн барбыта, бастакы сырыытын Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын (ФСБ) дириэктэринэн ананаат сылдьыбыта.

Маныаха даҕатан Михаил Ефимович дойдубут бэрэсидьиэннэрэ Михаил Горбачевы уонна Борис Ельцины кытта үтүө сыһыаннааҕын эмиэ ахтан-санаан ааһыаххайыҥ. Михаил Ефимович дойду салайааччыларын кытта истиҥ сыһыаны олохтуур уонна кэпсэтиитинэн, этэр идеяларынан да хаалсыбат буолан политик быһыытынан тэҥ үктэлгэ турарын көрдөрөр. Мин 2013 сыллаахха олунньуга Горбачевтыын көрсөрбөр Михаил Сергеевич биллэн туран биир бастакы ыйытыыта Николаев туһунан этэ. Кини биһиги киһибитин үчүгэйдик саныырын эппитэ. Борис Николаевич Саха сиригэр иккитэ: бытарҕан тымныы уонна өҥүрүк куйаас сытыылаан түһэн турдахтарына кэлэ сылдьыбыта кини Николаевы уонна саха норуотун ытыктыырын туоһута буолар диэн сыаналаатахха улаханнык сыыспаппыт буолуо. Эбиитин Таатта ытык сиригэр саха таҥаһын таҥнан кымыстаах чороону көтөҕөн буһа-хата турара бу баарга дылы.

Ити курдук Михаил Ефимович дойдубут үрдүкү салайааччыларын эрэ кытта буолбакка аан дойду араас таһымнаах политиктарын, общественнай деятелларын, дойдулар бэрэсидьиэннэрин, атын да салайааччыларын кытта алтыспытыттан, тэҥҥэ атах тэпсэн олорон сэһэргэспититтэн саха дьоно киэн туттуоҕун туттар. Ити көрсүһүүлэргэ кини билсиһиинэн эрэ муҥурдаммат, өрүүтүн дой- дутун – Сахабыт сирин сайдыытын уонна чопчу бырайыактары туруорсара билиҥҥи да инники да саха дьонугар уонна чуолаан салайар эйгэҕэ сылдьар дьоҥҥо эмиэ биир үтүө холобур буолар.

Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай сүбэһитин дуоһунаһыгар төрөөбүт дойдутун инники дьылҕатын төлкөлөһөр. Ол курдук кини быйыл саас “Саҥа сайдыы” (“Новое развитие”) диэн ыстатыйаны суруйан билиҥҥи кэм тыын боппуруостарыгар бэйэтин санаатын эттэ. Ыс- татыйаны сайдыы чэрчитинэн интернеккэ – тус бэйэтин сайтыгар уонна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет порталыгар ааҕыахха сөп.

Киһи-аймаҕы өй-санаа уонна итэҕэл салайар, салайан да кэллэҕэ, оннук да буола туруоҕа. Михаил Ефимович ону бэйэтин үлэтинэн-хамнаһынан эрэ буолбакка, аан дойду бөлүһүөктэрин үлэлэрин уонна олохторун чиҥэтэн үөрэппит буолан билэр. Ол дьонунан буолаллар биһиги сахалар киэн туттар киһибит улуу Өксөкүлээх, Кытай курдук дойду улуу учуутала Конфуций, нуучча өйдөөҕө Николай Рерих уонна да атыттар. Кини бэрэсидьиэнниир сылларыгар бэйэтин үлэтин оҥкулларын охсоругар Өксөкүлээх үлэлэригэр олоҕурбута. Ону тэҥэ ХХ үйэ саҥатыгар саха туһугар охсуспут дьоннор: Күлүмнүүр, бырааттыы Гаврил уонна Павел Ксенофонтовтар, Максим Аммосов уонна Былатыан Ойуунускай киниэхэ үтүө холобур уонна сирдиир сулус буолбуттара.

Кини өр сылларга туруорсан, бэйэтэ эппитинэн түөрт сыл устата, онтон саха дьоно хас эмэ уонунан сылларга ыарыы оҥостубут боппуруостарын быһаарбыта үйэлэргэ умнуллуо суоҕа. Ол саха норуотун, интеллигенциятын буруйдаабыт, хара балыырга укпут компартия уонна сэбиэскэй былаас докумуоннарын көтүттэрии буолар.

Онон хайаан да Россия бастакы бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕын саныаҕыҥ:

“Указ Президента РФ от 26 апреля 1994 г. N 834

“О восстановлении справедливости в отношении репрессированных в 20-30-е годы представителей Якутского народа”

В целях восстановления исторической справедливости в отношении представителей якутского народа, репрессированных осенью 1927 года в связи с обвинением по делу так называемой “младо-якутской национальной советской социалистической партии середняцко-бедняцкого крестьянства конфедералистов”, а также подвергшихся репрессиям, вызванным постановлением Политбюро ЦКВКП(б) “О положении в Якутской организации” от 9 августа 1928 года, и в соответствии с выводами Комиссии при Президенте Российской Федерации по реабилитации жертв политических репрессий постановляю:

  1. Осудить политические репрессии в отношении представителей якутского народа в 20-30-е годы.
  2. Признать нарушающими основные гражданские права человека репрессии, прово- дившиеся в отношении участников событий осени 1927 года на основании необоснованных обвинений.

                                                                                           Президент Российской Федерации Б.Ельцин

Москва, Кремль”.

Дьэ ити курдук хас да көлүөнэ саха интеллигенциятын “националистар” диэн буруйдааһыҥҥа төрүөт буолбут докумуоннар көтүрүллүбүттэрэ. Бу Ыйаахха биир суолталаах тыл “осудить”. Дьэ ити курдук Борис Ельцин саха норуотугар хара мэҥ буолан иҥэ сылдьыбыт ыар санааны туораппыта уонна сайдыыга, барҕарыыга күүс-күдэх укпута. Саха омук бу кэннэ Нуучча судаарыстыбатыгар, кини салалтата кыларыйан турар кырдьыгы этэр кыахтааҕын уонна судаарыстыба сыыһатын чахчы билинэр күүстээҕэр итэҕийбитэ. Онон бу Ыйаах суолтата кэм-кэрдии ааһан истэҕин ахсын өссө дириҥиир, күүһүрэр. Бу барыта – биһиги Аан Дархаммыт ситиһиитэ.

Михаил Николаев үлэтэ-олоҕо барыта инники сайдыыга туһаайыллар. Ордук кини ыччакка эрэнэр уонна саха дьоно аан дойду сайдыытын тэтимиттэн хаалсыа суоҕа диэн бигэ итэҕэллээх. Кини – эр санаалаах хорсун политик, салайааччы. Тоҕо мин инньэ диибин?

Бастатан, Михаил Ефимович 1985-1990 сылларга өрөспүүбүлүкэ политикатыгар саҥа сүү- рээни эрэ буолбакка саҥа акылааты уурбута. Ол маннык тылларга түмүллэр: “Көҥүлү уонна киһи сайдыытын талабын” (нууччалыыта – «Выбираю свободу и человека»). Итинник төбөлөөх програм- мнай кинигэни бэчээттэтэр. Ити дьону кынаттыыр ыҥырыы курдук иһиллибитэ уонна политикаҕа, уопсастыба олоҕор кимээһиннээх хамсааһыны таһаарбыта. Ити тыллар кини ССРС уонна Россия сайдар тускулларын таба таайбытын көрдөрөр. Ону тэҥэ бу тыллар саха омук государственноһы ситиһэргэ туһаайыллыбыт өссө  ХVII – ХVIII үйэлэртэн төрүттээх “историческай традициятын” дириҥ силистээх үгэһин төнүннэрэллэр, саҥа таһымҥа сөргүтэллэр.

Иккиһинэн, идеологияҕа коммунистическай, тоталитарнай өйдөбүллэртэн босхолонон дьиҥ- чахчы аһаҕас уонна интеллектуальнай өттүнэн көҥүл буоларга туһаайыллар политиканы олоххо киллэрэр.

Үсүһүнэн, арахсыы-бурайсыы кэмигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна норуота Россияны кытта, бастакы бэрэсидьиэн Борис Ельцины кытта бииргэбит диэн тулхадыйбат санаанан салайтарар.

Төрдүһүнэн, суверенитет Декларациятыгар ыйыллыбыт пууннары толору ситиһэргэ үлэлиир уонна Россия састаабыгар суверенитет бу сөптөөх суол – сайдыыга түһаайыллыбыт суол диэн дьыаланан дакаастыыр. Социальнай-экономическай эйгэҕэ, култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэххэ, наукаҕа элбэх саҥалыы көрүү олохтонор, туһааннаах дьаһаллар ылыныллан олоххо киирэллэр.

Бэсиһинэн, Өрөспүүбүлүкэ Конституциятыгар олоҕуран тас дойдулары уонна аан дойдутааҕы тэрилтэлэри кытта сибээһи бөҕөргөтүүгэ күүскэ үлэлиир.

Алтыһынан, Өрөспүүбүлүкэ Конституциятын ытыктыыр, тутуһар политическай позицияны ылынар уонна бэйэтин тус холобуругар ону көрдөрөр.

Сэттиһинэн, суверенитет сылларын идеалларыгар өрүүтүн бэриниилээх уонна билиҥҥи кэм уратыларын өйдөөн туран өрөспүүбүлүкэ инники диэки сайдыытыгар туруулаһан туран салгыы үлэлэһэр.

Мин санаабар, бу сэттэ түһүмэх кини үлэтин бары өрүттэрин хаппаталлар да, кини саха омугун олоҕун сайыннарыыга кылаатын сүрүн хайысхаларын кэрэһэлииллэр.

Мин кини туһунан “ЖЗЛ: биография продолжается” серияҕа кинигэ суруйарбар 2007 сыл ба- лаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха омук II Конгреһыгар эппит этиитин ааҕа олорон бу кини оччотооҕу санаалара билигин да “актуальнайдарынан” хайаан да дьоҥҥо өссө төгүл тиийэн толкуй- датыахтаахтар дии санаабытым. Кини этиитэ оччолорго тас дойдуларга үөрэнэр, олорор, үлэлиир «Сахадиаспора» тула мустубут биир дойдулаахтарбытыгар киэҥ сэҥээриини ылбыта. Бу этии, төһө да 10 сыл аастар, кини бэлиэтээбит сорох өрүттэрэ төһө да олоххо киирдэллэр, норуокка инники сайдыыга сорук быһыытынан көрүллүөхтэрин сөп дии саныыбын.

Кини тугу эппитэй? Бастатан, кини саха ахсааныгар тохтуур.

“…биһиги, сахалар, бэстилиэнэй перепись көрдөрүүтүнэн уон сыл иһигэр 60 тыһыынча саха киһитинэн эбиллибиппит. Ити көрдөрүү ол иннигэр ааспыт 20 сыл көрдөрүүтүгэр тэҥнэһэр. Онон мин этиэм этэ, төһө да дьадаҥытык олорбуппут, төһө даҕаны ыарахаттары көрүстэрбит, дьон модун санаата көмүөл күүһэ буолан итиннэ тиэртэ”.

Салгыы кини үөрэх боппуруоһугар тохтуур.

“Онтон үрдүк үөрэхтээх ыччат ахсаанын ылан көрөр буоллахха, уон сыл анараа өттүгэр 32 тыһыынча этэ. Билигин кинилэр ахсааннара уон сыл иһигэр 50 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ. Ол эбэтэр, хас тоҕус сахаттан биирэ үрдүк үөрэхтээх”.

Билиҥҥи кэмҥэ аан дойду үрдүнэн үөрэх уонна билии биир саамай сытыы уонна тутаах боппуруоһунан буолаллар. Бу көрдөрүүнү кини маннык сыаналыыр:

“Ити улахан ситиһии. Ити норуот бэйэтин өйүнэн, күүһүнэн-күдэҕинэн, үлэтинэн туох баар ыарахаттары туоруур кыахтааҕын көрдөрөр. Мин үлэбинэн да сибээстээн, атын дойдулары, Аан дойду бары хотугу сытар государстволарын, Гренландия да буоллун, Исландия да буоллун, Аляскаҕа тиийэ элбэхтик кэрийдим. Ол сылдьан тэҥнээн көрдөхпүнэ, бу дойдуларга сахалар курдук элбэх ахсааннаах норуот ханна да суох. Исландия эрэ биһиги ахсааммытыгар арыый чугаһыыр. Кинилэр 300 тыһыынча ахсааннаахтар. Сахалар – 460 тыһыынчалар”.

Михаил Ефимович саха омук баһыйар өртө тыа сиригэр олорорунан тыа хаһаайыстыбатын сай- дыытыгар тохтуур:

“Этиэххэ наада, ити сылларга биһиги тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин банкрот ыыппакка эрдэттэн туох баар мунньуллубут баайы, трактор да буоллун, тэрил, дьиэ-уот да буоллун бүүс бүтүннүү норуоппутугар түҥэппиппит. Норуот, дьон-сэргэ бэйэтин үлэтин түмүгүн онно көрбүтэ. Билигин итиннэ даҕатан биһиги урукку өттүгэр ситиспит үлэбит түмүгүн салҕыах тустаахпыт диэн этиэхпин баҕарабын”.

Кини норуотугар эрэнэр. Норуот өйүүр политиката инники кэскиллээх уонна түмүктээх, ону бэйэтин олоҕунан-үлэтинэн билэр.

“Ол иннигэр сайдыы систематын, программа да, концепция да буолбатах, Саха омугун сайдыытын систематын тобулуохха наада. Биһиги чахчы тыйыс усулуобуйаҕа олоробут. Айылҕабытын өтөрүнэн уларыппаппыт, атын дойдуга көспөппүт. Онон баар айылҕаҕа, баар ыарахаттарга сөп түбэһиннэрэн сайдыы систематын олохтуур тоҕоостоох. Бу система сүрүн боппуруостара ханныктарый? «Бүдүрүйбүт көммөт» диэн Алампа драматын сүрүн геройа этэр: «Оо, улуу таҥара, хаһан эн миэхэ үөрэҕи биэрэҕин, бу дьоннору кытта тэҥҥэ сылдьыахпын?» Ити тугу этэрий? Кини ол аҥардас биир киһиэхэ туһаайан эппэт. Нация үөрэхтээх, сайдыылаах буолар тускулларын тобуларга, атын норуоттары, дойдулары кытта алтыһан сайдыы суолугар киирэргэ ыҥырар. Бу этиини Өксөкүлээх сайыннаран эппитэ. Онон биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан сайдыы систематын түстүүргэ үөрэхтэн атын суолталаах туох да суоҕун өйдүүллэрэ. Ити иннигэр эппитим курдук Саха эдэр ыччатыттан 50 тыһыынчата үрдүк үөрэхтээх. XXI үйэ бастакы чиэппэригэр, 2025 сылга Саха норуотун 25%-на үрдүк үөрэҕи ыларын ситиһэргэ сорук туруорунуоҕун,. Өссө төгүл тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын, бүгүҥҥү Конгресспыт сабыдыала өр сылларга барарын туһугар биһиги үөрэхтээһини сайыннарыыга дьоһуннаах программаны ылыныах тустаахпыт. Билигин Саха сиригэр 45 тыһыынча эдэр ыччат үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр. Онтон 22 эрэ тыһыынчата государственнай университеттарга, институттарга, академияларга үөрэнэр. Улахан аҥардара коммерческай, аата эрэ баар, диплому биэрэр, күүстээх кадрдара суох тэрилтэлэргэ. Ити биир өттүнэн саха ыччата үөрэххэ тардыһыытын көрдөрөр. Муна-тэнэ сылдьан, чэ ханна да буоллун диэн санааҕа оҕустаран ити мөлтөх үөрэх кыһаларыгар тиийэллэр. Онон Саха государственнай университета ханнык баҕарар улахан куораттарбытыгар, улуустарбыт кииннэригэр бэйэтин филиалларын, лицейдарын, консультационнай пууннарын аһара ирдэниллэр. Ити кыаллар дьыала. Уон сыл иһигэр үрдүк үөрэхтээх дьоммут ахсаанын икки төгүл элбэппиппит. Хотунан-соҕуруунан, Москва, Санкт-Петербург улахан кыһаларыгар элбэх ыччаты үөрэттэрдибит. Москваҕа бэйэбит университеппытын аспыппыт. Итини кө- ҕүрэтимиэххэйиҥ, үксэтэн биэриэххэйин,. Ити 23 тыһыынча үгүс көдьүүһэ суох коммерческай институттарга элбэх үбү төлөөн үөрэнэ сылдьар оҕолорбутун дириҥ, билиини, иитиини, эт-хаан өттүнэн сайдыыны биэрэр кыһаларга үөрэттэриэххэ. Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин, үөрэҕи баһылаабатахпытына инники дьылҕабыт ыарахан буолуо”.

Аны туран аан дойду политикатын таарыйар. Кини курдук маныаха опыттаах политик Россия атын регионнарыгар да аҕыйах. Михаил Ефимович этэрэ барыта оруннаах.

“Аан дойдуга кыахтаах бөдөн, тэрилтэлэр бааллар. Россия бу тэрилтэлэргэ күн бүгүн да киирбэтэр, инникитин син-биир кинилэри кытта алтыһыаҕа. Тоҕо диэтэргин бары дойдулар биир быраабыланан олордохторуна эрэ сайдар кыахтанабыт. Онно биһиги төһө бэ- лэмнээхпитий? Төрүт тылбытын сэргэ, биһиги оскуолаларга, детсадтарга тиийэ омук ты- лын күүскэ киллэриэхтээхпит. Нуучча тылын омук тыла диир табыллыбат. Нуучча тыла – биһиги государственнай тылбыт, Саха тыла – төрөөбүт тылбыт. Кинилэри билэрбит би- һиги эбээһинэспит буолар. Оҕолорбут биир омук тылын хайаан да баһылыах тустаахтар, английскай да буоллун, китайскай да буоллун. Ким баҕарар этэр, омук тылын баһылааһын оҕо өйө-санаата сайдарыгар уһулуччу оруоллаах диэн. Кыра эрдэхтэн дьарыктанар буоллахха кини улахан ноҕоруусканы биэрбэт. Тыл эйгэтин үөскэтиэххэ наада. Ол инниттэн биһиги аһаҕас буолуохтаахпыт. Итиннэ биһиги ыччаттарбыт дьоһуннаах суолу тыырдылар”.

Михаил Ефимович салгыы саха дьоно аан дойду сайдыытын хаамыытыгар хайдах тэҥҥэ хардыылыылларыгар бэйэтин санаатын этэр.

“Эһиги иннигитигэр бүгүн Вера Соловьева тыл эттэ. Үс сыллааҕыта мин Америка Хол- боһуктаах Штаттарыгар Вашингтон куоракка кинилэри кытта көрсөрбөр үрдүк үөрэҕи баһылаан, Америка билии ырыынагын кыайан, туораттан ким да өйөбүлэ суох, аҥардас бэйэлэрин билиилэринэн, кыахтарынан, дьулуурдарынан араас эйгэлэргэ таһаарыылаахтык, кимтэн да итэҕэһэ суох үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрөн үөрбүтүм. Сахалар маннык буоллубут диэн хайдах киһи киэн туттубат буолуой? Ити Вера Соловьева этэринэн аҥардас Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар сүүстэн тахса оҕо үлэлии сылдьар. Хаһан баар этэй, оннук? Бэйэ күүһүн билиниэххэ, модун санааны үөскэтиэххэ. Итэҕэл диэн бэйэ күүһүгэр итэҕэйии буолар – мин дьоҕурдаахпын диэн, маны кыайыам диэн, мин сахабын диэн. Ол буолар туохтан да күүстээх итэҕэл. Хас биирдии киһиэхэ итэҕэл кини ис күүһүгэр баар. Итэҕэл трибунаттан этиллибэт, плакакка да суруллубат. Ол киһи өйүгэр, дууһатыгар, санаатыгар баар. Оннук ыччаттары биһиги иитиэх тустаахпыт”.

Олох уустуктарыгар, экономика ыарахаттарын хайдах туоруурга туох наадатын эмиэ этэр. Ары- гы курдук ыар дьаллыгы туоратарга охсуһарга ыҥырар.

“Табаарыстар, эһиги, сорох дьон «дьэ, бу ыарахан балаһыанньа» диэн бүгүн эттигит. Ити баар. Хаһан биһиги чэпчэкитик, баайдык олорбуппутуй? Ол да буоллар олохпутун тупсарар суоллары тобуларга дьулуһуох тустаахпыт. Онно, мин санаабар, иккис харгыстыыр боппуруос баар. Арыгылааһын. Маны кыайарга үгүс сыраны уурар ирдэнэр. Хомойуох иһин бу конгресска омукпут доруобуйатын, чөл олоҕун туһунан дьоһуннаах кэпсэтии тахсыбата. Франция курдук 60 мөл. нэһилиэнньэлээх государствоҕа сылга 500 киһи бэйэҕэ тиийинэн өлөр эбит буоллаҕына, биһиэхэ, быдан аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх республикаҕа көрдөрүү эмиэ соччо. Бу туохтан тахсарый, тоҕо манныгый? Эһиги бары билэҕит, истибиккит, аахпыккыт олунньу ый 18 күнүгэр Булун улууһугар тахсыбыт быһылаан туһунан. Үс бырааттыылар икки табаарыстарын сарсыарда 10 чааска дьиэлэригэр ыҥыран арыгылатан баран, этиспитэ-мөккүспүтэ аатыран ыалдьыттарын саанан ытан өлөртүүллэр. Онтон өйдөнөн, алдьархайы таһаардыбыт, хаайыы дьоно буолар буоллубут диэн «чэ, дабаай, бэйэ бэйэбитин ытыһыахха» диэн быһаарыы ылыммыттар. Сэрибиэй бырахсаллар, ортоку бырааттара убайын уонна быраатын ытан баран, бэйэтигэр тиийинэн өлөр. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр биэс киһи суох буолар. Дьэ бу дьулаан быһылаан ханна эмит дьүүлгэ турда дуо, республика, нэһилиэктэр таһымнарыгар? Тоҕо манныгый? Тоҕо манныкка тиийдибитий? Былаастан дуу, Москубаттан кэлэн дуу ким эрэ «бу эн арыгылаама» диирин кэтэһэбит дуо?

Табаарыстар, биһиги өйдөөх, тулуурдаах, киэҥ көҕүстээх дьоммут. Ол гынан баран маннык боппуруостарга эйэлэһэрбит сатаммат. 2006 с. 5 млрд. солк., быйылгы сыл аҥарыгар 3,5 млрд. солк. сууммалаах арыгыны истибит. Туохха тиийэбит? Арыгыһыт норуот, арыгыһыт нация хаһан да сайдар кыаҕа суох. Нация сайдыытын харгыстыыр боппуруос бу буолара саарбаҕа суох. Бүгүн үгүс конгресс кыттыылаахтара ыччаты хаҥатар, ахсааммытын элбэтэр туһунан эттилэр. Кырдьыга даҕаны, демография биһиги тыын боппуруоспут буолар. Михаил Тырылгин ааҕан, суоттаан 2050 сылга сахалар 1 мөл. тиийиэхтэрэ диэн сабаҕалыыр. Ааҕан көрүҥ, хас сыл хаалбытын. 43 сыл. Итиннэ биһиги бэлэммит дуо, базалаахпыт дуо? 30 саастарыгар диэри саастаах ыччаппыт улахан аҥара ыал буолбакка сылдьар. Бу улахан резерв. Ыал буолбуттарбыт үгүс өттө биир оҕолоох. Эмиэ улахан резерв. Онон конгресс аатыттан дьоммутугар-сэргэбитигэр, нациябытыгар ыҥырыы таһаарыаҕыҥ, чопчу сорукта ту- руоруоҕун, – 2050 сылга хотугу эргимтэҕэ саха омуга саамай элбэх ахсааннаах омук буоларын ситиһиэҕин, 1 мөл. тиийиэҕин, диэн. Ханна баҕарар, кими баҕарар кытта тэҥҥэ аахсарга ити төһүүн күүс буолуоҕа. Демография – улуу күүс. Демографияны кытта аахсыбат биир да судаарыстыба суох”.

Михаил Ефимович II Конгресска буолбут кэпсэтиини маннык сыаналыыр уонна чопчу туһаайан интеллигенция аатыгар санаатын аһаҕастык этэр:

“Мин элбэх боппуруостарга тохтообоппун. Бэһэҕээ, бүгүн конгреспытыгар элбэҕи кэпсэт- тибит. Мин санаабар куһаҕана суох конгресс бара турар. Ити эһиги дьүүлгүтүгэр турбут докумуон көннөрүллэн, саха тыллаах-өстөөх, санаалардаах, күүстээх дьоно кыттыылаах хаттаан суруллуон наада. Итиннэ даҕатан мин Дьокуускай куоракка олорор Саха ин- теллигенциятыгар туһаайыам этэ. Интеллигенциябыт 80%-ра, учуонайдарбыт бүүс бүтүннүү Дьокуускайга олороллор. Эһиги нацияҕыт сайдыытын быһаарбат буоллаххытына, сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн биэрбэт буоллаххытына, тыа сиригэр олорор дьоммутуттан тугу ирдиэхпитий. Сүрэх баҕатынан, барыта үчүгэй эрэ буоллун диэн сылдьар бар дьоммутугар эһиги ыйыы-кэрдии биэриэхтээххит, сүбэ-ама буолуохтааххыт, кэпсэтии таһаарыахтааххыт. Кэнники кэмҥэ эһиги манна наһаа олорон хааллыгыт. Театрдартан саҕалаан, творческай интеллигенция, научнай интеллигенцияҕа тиийэ. Дьоҥҥутун өҥөйөн көрүҥ, сэһэргэһиҥ, сүбэлэһиҥ. Хаһан да дойдугутун, бар дьоҥҥутун кытта сибээскитин быһымаҥ, аҥардас былааска эрэ сигэнимэҥ. Эһиги бары тыа сириттэн тахсыбыт дьоҥҥут. Тыа сирин кыһалҕатын умнуман,. Тыа сирэ сүрдээх ыарахан балаһыанньалаах дии-дии онон-манан кураанаҕы тыллаһымаҥ, көмөлөһүн.. Аҥардас идэһэ эрэ сиэри, эбэтэр аҕыйах күн күүлэйдээн, бырдахха сиэтэн кэлэргит бу татым. Онон маҥнай саҕалаан, төрөөбүт улуустаргытыттан, төрөөбүт нэһилиэктэргититтэн. Оччоҕуна эрэ биир омук, биир нация буолуохпут. Оччоҕуна интеллигенциялаахпыт, сүбэ-ама биэрэр, айар-тутар тумус туттар дьоннордоохпут диэн са- наныахпыт, эрэллээхтик инникибит диэки барыахпыт”.

Михаил Ефимович дьиҥ-чахчы муударай киһи бэйэтин санаатын-сүбэтин интеллигенцияҕа туһаайар. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ араас салайар үлэҕэ сылдьыбыт кэмин тухары интеллигенцияны кытта ирэ-хоро кэпсэтэн кэллэ диэн элбэх дьон ахтар-саныыр. Ол курдук кини тыа хаһаа- йыстыбатын миниистирэ буола сылдьан министиэристибэ аппаратын үлэһиттэригэр суру- йааччылары, худуоһунньуктары кытта көрсүһүүлэри тэрийиини үгэскэ кубулуппуттаах. Академик Афанасий Осипов, норуодунай суруйааччы Софрон Данилов уонна да атыттар. Ону тэҥэ кини Софрон Петровичтан тыа сирин туһунан айымньы айарыгар көрдөспүтэ олоххо киирэн турар. Ол курдук кэнники да сылларга Суорун Омоллооннуун, Николай Лугиновтыын, Баһылай Харысхаллыын элбэхтик алтыстаҕа. Аны туран 1990-с сылларга “Саха омук” холбоһугу өйөөбүт киһинэн эмиэ кини буолар. Онтон саха интеллигенциятын лидерэ Андрей Борисовы култуура миниистиригэр анаан өр сылга бииргэ үлэлииллэр. Михаил Ефимович конгресска салгыы өссө биир тутаах салааҕа тохтообут.

“Табаарыстар, билигин олохтоох салалта боппуруостарыгар тохтуохпун баҕарабын. Сокуон да быһыытынан олохтоох салалтаҕа балайда кыах бэрилиннэ. Кини бюджетын өттүнэн бу кэлэр үс сылларга биллэрдик бөҕөргүөҕэ. Олохтоох салалта салаллар сүрүн докумуонунан, бэйэтин конституциятынан кини устааба буолар. Дьэ, бу устаабы төһө билэбитий. Кинини ким суруйбутай, ким кыттыспытай, ким бигэргэппитэй? Мин аҕыйах хонуктааҕыта, бу күһүн кэлэ сылдьан икки нэһилиэк устааптарын ылан көрдүм. Нөмүгү уонна Покровскай устааптарын. Покровскай устааба сүүсчэкэ страницалаах. Туох барыта суруллубут. Ол гынан баран манна сүрүн боппуруос киирбэтэх – баһылык туохха эппиэттиирэ. Покровскай баһылыга устаабыгар «единоначалие» диэн тылы туттан сурунар. Бу тугуй? Демократическай обществоҕа, норуот бэйэтэ бэйэтин салайынар устаабыгар «единоначалие» диэн суруллубут. Туох да боппуруоска отчуоттаабат, олохтоохтор ханнык да критерийдэринэн кини үлэтин сыаналыыр кыахтара суох. Дьэ, ол иһин, кини күн аҥардаан, сороҕор күнү быһа да үлэтигэр суох буолуон сөп. Ардыгар, кини ханна сылдьарын, тугу гынарын ким да билбэт, интэриэһиргээбэт буолар балаһыанньата үөскүүр. Маннык үлэлии-хамсыы олорор баһылыктар балайда бааллар. Эһиги бары быыбардааччылар буолаҕыт. Кэлэр быыбардарга бэйэҕитин бэйэҕит сала- йынаргытын, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, ыччат боппуруостара бэйэҕит илии- гитигэр киирбитин билинэн, өйдөөн туран сөптөөхтүк дьаһанарга дьулуһуохтааххыт. Кон- гресс бу боппуруоска хайаан да болҕомтотун уурара ирдэниллэр. Баһылыгы таларгытыгар кини устаабы төһө билэрин көрүөхтээххит. Устаабын билбэт баһылык туох көдьүүстээх үлэни таһаарыай? Сайдыы тыын боппуруостарыгар маннык персональнай эппиэтинэһи сү- гэҕин диэн ыйан туран, устаапка сөптөөҕүнэн көрөн уларытыылары киллэрэн баран баһылык- таргытын талыахтааххыт. Баһылыктар кэргэттэрэ эргиэнинэн дьарыктаналларын устаа- бынан бобуохха наада. Эргиэн диэн тугуй? Бу арыгы атыылааһын. Итэҕэйэн, куоластарын биэрэн талбыт биир дойдулаахтарын арыгынан сутуйа олорор баһылыктар суох буо- луохтаахтар”.

Салгыы Михаил Николаев тыл этиитин түмүктүүрүгэр сүбэ быһыытынан маннык соруктары туруорар:

“Мин сахам омугар эрэнэбин. Омук сайдыытын боппуруостарыгар эһиги общественнай тэрилтэлэри тэрийиинэн үлүһүйүмэн.. Биһиги государственноһы төрүттээбит омук буоларбытын умнуман.. Сахабыт сирин государственноһа сайдыытыгар сүрүн болҕомтону уураргытыгар ыҥырабын. Бүгүн ол туһунан элбэхтик сөпкө этилиннэ. Омукпут сайдыытын элбэх боппуруостарыгар государственнай мунньахпытынан туһаайыллыбыт сокуоннары ылыннарыах тустаахпыт. Ону ким да боппот. Олохпут хаачыстыбатын үрдэтэр сокуону, сайдыы систематын туһунан сокуону, тыа сиригэр олох-дьаһах хаачыстыбатын үрдэтэр сокуону ким утарыай. Итинтэн да атын боппуруостарга, кооперация да буоллун, дьиэ, тиэргэн тупсаҕай көстүүлээх буоларын ситиһии да буоллун, быдьар быһыыны утарыы да буоллун, хайа баҕарар хайысхаҕа бэйэбит сокуоннарбытын ылыныахпытын сөп. Кытайдар сиргэ силлээбэт туһунан сокуону ылынан билигин ол быһыы суох буолан эрэр. Белгород куоракка куһаҕан тылы, маатыраны туттубат туһунан сокуоннаахтар. Итинник киһиэхэ сабыдыаллыыр, киһини сайыннарар, бэрээдэктиир сокуоннар тоҕо ылыллыбат буолуохтарай. Омугу сайыннарар, үөрэхтээх, чөл олохтоох буоларыгар ылыллар сокуоннары ким да утарбат. Бу үлэҕэ Саха интеллигенциятыттан элбэх эрэйиллэр”.

Салгыы кини 1990-с сылларга саҕалаабыт политикатын чэрчитинэн аан дойдуга сыһыаҥҥа саха омук хайдах-туох буолуохтааҕар тохтуур.

“Дьэ, бар-дьонум, мин уһаттым-кэҥэттим быһылаах. Элбэх боппуруостары этиэххэ, кэп- сиэххэ сөп этэ. Түмүкпэр Саха омуга аан дойдуну, атын омуктары кытта аалсыахтаах диэн этиэхпин баҕарабын. Биһиги элбэҕи билбэппит, элбэҕи бэйэбитигэр оҥорбоппут. Ону ылыахха наада. Биһиги барытын атыылаһабыт буолбат дуо? Үчүгэйи тоҕо атыыласпаппытый? Барар-кэлэр улахан кыахпыт суох буолан ким эрэ аҕалан биэрбитин эрэ атыылаһабыт. Бэйэбит кэрийэн, илэ харахпытынан көрөн, олохпутугар туһалаах буолсу диэн атыылаһарга тоҕо дьулуспаппытый? Хотугу эргимтэҕэ сытар кыракый государстволар, биһиги курдук усулуобуйаҕа олорон тугу туттан, хайдах дьаһанан маннык балысханнык сайдалларын, уһун үйэлэнэллэрин үөрэтиэххэйин.. Саха норуота аан дойдуга тахсарга дьулуһуох тустаах. Республикабытын аһаҕас, сайдыылаах, үөрэнэргэ-үлэлииргэ элбэх кыаҕы биэрэр туруктаах оҥордохпутуна биһиги университеттарбытыгар, академияларбытыгар омук ыччаттара кэлэн үөрэниэ этилэр. Билигин кинилэр тоҕо кэлбэттэрий? Ити кинилэр биэрэр идэлэрин ханна баҕарар, бэйэбит да дойдубутугар, үөрэнэн ылыахпытын сөп дииллэр. Североведение диэн наука биһиэхэ олох сайдыбат. Университеппытыгар даҕаны, научнай-исследовательскай институттарбытыгар да суох.

Саха сирэ – биһиги төрүт сирбит диэн сөпкө эппиттэрэ. Биһиги кэлии омук буолбатахпыт. Онон төрөөбүт сиргитин-уоккутун онон- манан истиэптэринэн көрдөөмөн.. Бу биһиги омук, нация быһыытынан үөскээбит сирбит. Бу биһиги сирбит. Оннук өйдөбүл баар буолуохтаах. Биһиги манна тыһыынчанан сылларга тыйыс айылҕаҕа олорон кэллибит манна мунньустаммыт, биир тыллаах, биир культуралаах буолбуппут. Онон биһиги төрүт сирбит – Саха сирэ”.

Ити Михаил Николаев этиититтэн 10 сыл ааһа оҕуста. Күн-дьыл түргэнник устар. Ол гынан барыта ситимнээх. Михаил Ефимович 10 сыл анараа өттүгэр саха омук чулуу дьоно мустан олордоҕуна эппит тыллара сибилигин да уһулуччу суолталаахтар. Кини хатылыыр: “Биһиги төрүт сирбит – Саха сирэ”. Ама бу тыллары ким чугастык ылыммат буолуой?! Онтон бу маннык этиитэ политическай суолталаах: “биһиги омук, нация быһыытынан үөскээбит сирбит”.Кини итинник быһа баттаан этиитэ дириҥ ис хоһоонноох. Михаил Ефимович киэҥ сиринэн сылдьар, элбэх политиктары, политологтары кытта сэһэргэһэр. Кини билэрэ биһигиннээҕэр биллэн туран элбэх, киэҥ, дириҥ. Онон мээнэҕэ эппэт ити тыллары.

Барыта сибээстээх. Михаил Ефимович аҕыйах сыллааҕыта Саха автономнай Өрөспүүбүлүкэтэ 100 сылын туоларын бэлиэтиир наадатын эппитэ. Ол кэннэ Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын Егор Борисов уонна Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйаахтара тахсыбыттара. В. Путин 2014 сыл муус устар 7 күнүнээҕи «О праздновании 100-летия образования Якутской АССР» ыйааҕар этиллэр:

«В связи с исполняющимся в 2022 году 100-летием образования Якутской АССР постановляю:

  • Принять предложение Правительства Российской Федерации о праздновании в 2022 году 100-летия образования Якутской АССР.
  • Рекомендовать органам государственной власти субъектов Российской Федерации и органам местного самоуправления принять участие в подготовке и проведении празднования 100-летия образования Якутской АССР.
  • Настоящий Указ вступает в силу со дня его подписания».

Дьэ, итинник. Онон 1922 сылтан саҕаламмыт уонна 1990 сылларга саҥа таһымҥа тахсыбыт государственноһы бөҕөргөтүү ситимэ салҕанар. Михаил Ефимович Николаев олох үөһүгэр сыл- дьар. Бу сыллар усталара Саха сиригэр элбэх дьон өйдөөҕүн, сайдыылаҕын аҕалан саха дьонун кытта билиһиннэрэн сибээс олохтуурга үлэлиир, үлэлиэ да турдаҕа.

Михаил Ефимович “Саҥа сайдыы” ыстатыйатыгар эппитинэн түмүктүүбүн:

“Стратегии нового развития мы решительно связываем с преодолением цифрового неравенства, порожденного бурным развитием информационного общества. Феномен цифрового неравенства прямой продукт взрывного развития цифровых информационных технологий. Они могут использоваться как новый вид вооруженной борьбы или способ изощренной эксплуатации человека. Но они же могут использоваться для выхода человека на новые горизонты процветания и развития. В последние десятилетия проблема стала центральной в повестке дня самых насущных проблем развития человеческой цивилизации. Осмысливанием сложного спектра проблем, поиском решений заняты интеллектуалы, политики, ученые многих отраслей знаний во всех странах.

Для людей, живущих на Севере, где расстояние между населенными пунктами может составлять сотни километров, а до медицинских центров и образовательных учреждений тысячи километров проблема цифрового неравенства стоит необычайно остро, становится, нередко, элементарным условием физического выживания».

Олег Сидоров

Источник