Новости "Центра "Мой бизнес"
«Кэскиллэр» саҥа хотон тутуутун туруорсаллар
30 января 2023

СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев салайааччылаах оробуочай бөлөх Чакыр нэһилиэгэр «Кэскил» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ үлэтин-хамнаһын кытта билистэ, саҥа тутууну көрдө. Кинилэри кытта Амма улууһун, Чакыр нэһилиэгин дьаһалталарын, тыа хаһаайыстыбатын салаатын бэрэстэбиитэллэрэ сырыттылар.

«Кэскил» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ быйылгы кыстыкка 550 хороҕор муостааҕы, ол иһигэр 240 ыанар ынаҕы 4 хотонунан кыстатар. 2019 сыллаахха 120 сүөһүгэ анаан саҥа хотон тутуутун боппуруоһа быһаарыллан, сырдык, сылаас хотонно киирбиттэрэ. Салгыы тутуу иккис уочаратын туруорсаннар былырыын күһүн балаҕан ыйыгар тутуу үлэтэ саҕаламмыт. Үлэ-хамнас туһунан „Кэскил“ ХЭТ салайааччыта Александр Карманов маннык билиһиннэрэр:

„Ааспыт сылга күһүн 120 сүөһү киирэр тутуу иккис уочарата саҕаламмыта. Бэдэрээччит Кан Терешкин салайааччылаах „Хаҥалас тутуу“ үлэни сүрүннүүр. Көрөргүт курдук, үлэ сүрүн өттө үмүрүйэн турар. 2021 сыллаахха сирин тэҥнээн, үрдэтэн бэлэмнээбитэ, ааспыт сылга тутуу конструкциятын барытын туруорбута. Билигин истиэнэлэрэ, үрдэ, түннүктэрин, ааннарын туруоруу хаалан турар. Мантан саас үп-харчы быһаарыллыннаҕына кулун тутар ыйга тутууну бүтэрэн, хаалбыт ынахтарбытын саҥа хотоҥҥо киллэриэхпитин баҕарабыт. Билигин кыстаан турар хотоннорбут эргэрдилэр, бу хотоннорго 170 ыанар ынаҕы кытта субан сүөһүлэр кыстаан тураллар. Субаннарбытыгар кооператив тэрийэммит салгыы саҥа хотону туруорсуохпут диэн былаанныыбыт.

Оробуочай бөлөх хотоннорунан сылдьан, үлэһиттэри кытта көрсөн кыстык, сүөһүлэр туруктарын, от-мас боппуруоһун көрдүлэр. Кинилэр хаһаайыстыба көрдөрүүтэ кэнники сылларга лаппа үрдээбитин, саҥа хотон киирдэҕинэ үүккэ былааннарын 3 тыһыынчаттан тахса тоннаны куоһаралларыгар, бааһыналарын саҥардан, сүөһү аһылыгын хото бэлэмнииллэригэр сыал-сорук туруордулар.

Источник